МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Өнөргө баянынан доҕуһуолланар ырыа күрэҕэ үрдүк таһымҥа ааста

2026 с сыл олунньу 20 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Культура”, Уус-Алдан улууһугар “Түмсүү уонна бииргэ үлэлээһин” сылларынан ыччакка, орто көлүөнэҕэ патриотизмы, баянынан доҕуһуолланар ырыалары пропагандалааһын уонна
кэнчээри ыччакка төрөөбүт дойдуга тапталы иитии, айылҕаны харыстааһыҥҥа уһуйуу, киһиэхэ истиҥ санааны иҥэрии, байаанынан доҕуһуолланар ырыалары тарҕатыы сыаллаах — соруктаах Өнөрдөөҕү «Тускул» сынньалаҥ киинэ (директор Ион Лукачевскай, аккомпаниатор Василий Федоров) үрдүк таһымҥа тэрийэн ыыттылар.
   Улууспут араас нэһилиэктэриттэн уопсайа 22 кыттааччы тыыннаах доҕуһуолунан залга мустубут көрөөччүлэр куттарын тутан, бииртэн биир кэрэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.
   Кулуупка киирээт да Ион Лукачевскай салалталаах “Тускул” сынньалаҥ киинэ быйыл өрөмүөннэнэн сандаарыччы сырдаабытын, олус тупсубутун-киэркэйбитин бары бэлиэтии көрдүбүт, олус үөрдүбүт, элбэх үлэ ыытыллыбытын бэлиэтээтибит. Күрэх саҕаланыан иннинэ кулууп үлэһиттэрэ  кыттааччылары үөрэ-көтө көрсөн, итии чэйдээх, дэлэй астаах сандалы остуолга ыҥыран, ирэ-хоро кэпсэтэн  кыттааччылар уоскуйан, наҕылыччы күрэххэ бэлэмнэнэн киирдилэр.
Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытылынна.
1 түһүмэх — Патриотическай ырыа (Дойду туһунан ырыалар).
2 түһүмэх — Көҥүл темаҕа ырыа.
Күрэҕи кэлбит ыалдьыттары, көрөөччүлэри эҕэрдэлээн Өнөрдөөҕү «Күбэйэ» ансаамбыл кэрэ ырыатынан аста.
   Сценаҕа бииртэн биир кэрэ куолас тахсан дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланан истэ. Кыттааччылар сцена кэтэҕэр бэйэ-бэйэлэригэр сүбэ биэрэн, көмөлөсүһэн, өр көрсүспэтэх дьон сонуннарын кэпсэтэн күрэх буолбакка бырааһынньыкка сылдьар курдук эйгэ олохтонно.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Матрена Герасимова Станислав Луковцев, Ион Лукачевскай.
   Дьүүллүүр сүбэ үлэлиир кэмигэр улууспут  байаныыстара бары  сценаҕа тахсан  тэҥинэн оонньообуттара  дохсун ытыс тыаһынан уруйданна. “Иитиллибит алааһым” күрэх автора Василий Федоров дьонугар-сэргэтигэр, күрэххэ кэлбит кыттааччыларыгар махтанан бэйэтин ырыатын анаата.  Дьэ онтон биир-биир ырыаһыт тахсан  көрөөччүлэр үөрүүлэрин өссө үрдэттилэр. Ол курдук Константин Иванову көрөөччүлэр сыанаттан ыыппакка ыллатан, бары ойон туран үҥкүүлээтилэр. Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин чахчы да куттарын туппут эдэр ырыаһыты Дмитрий Готовцевы зал күргүөмүнэн хаһыытаан сценаҕа ыҥыран таһааран ыллаттылар. Курбуһахтан кэлбит аҕам саастаах Семен Винокуров Ийэ туһунан ырыата барыбыт сүрэхпит ортотунан ааста. Владимир Черноградскай, Егор Афанасьев, Эдуард Марков уо. д. а ырыаларын “Браво!” хаһыынан доҕуһуоллаатылар.
    Бу курдук конкурс кыттыылаахтара Өнөр олохтоохторугар истиҥ көрсүһүүлэрин махталларын биллэрэн бииртэн биир кэрэ ырыалары бэлэх ууннулар.
   Күрэх түмүгүнэн кыттааччылар бары бириис тутан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэ-көтө дьиэлээтилэр. Конкурс спонсордарынан Өнөр тэриллиилээх бааһынай хаһаайыстыбалара, сцена бэтэрээннэрэ, тэрилтэ салайааччылара буолбуттара кэрэхсэнэр. Чахчы да өнөрдөр тыа хаһаайыстыбатын баһылаан, уйгу-быйаҥ олоҕу, тирэхтэх буолууну оҕолоругар-сэргэлэригэр иҥэрэн үлэлии сылдьаллара барыбытыгар холобур буолар.
Күрэх түмүгэ:

Гран-при Винокуров Семен (Уус Күөл) 20000с.
Бирииһи туруордулар: Нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын активиһа, баянист Ушницкай Михаил Михайлович дьиэ кэргэнэ уонна уола бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Александр Михайлович Ушницкай дьиэ кэргэнэ
Лауреат 1 ст. Лукачевскай Владислав (Өнөр)
Бирииһи туруордулар: сыана ветерана Федоров Михаил Ильич аатынан оҕолоро, сиэннэрэ
Лауреат 2 ст. Афанасьева Джулия (Өнөр)
Бирииһи туруордулар: мелодист, нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын активиһа Максимов Петр Андреевич аатынан оҕолоро, сиэннэрэ.
Лауреат 3 ст. Фомина Евдокия (Найахы)
Бирииһи туруордулар: нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын активиһа Черноградскай Иннокентий Николаевич аатынан аймахтара
Дипломант 1 ст. Иванов Константин (Хоро). Бирииһи туруорда: нэһилиэк уус-уран самодеятельноһын активиһа, урбаанньыт, 2017 с. “Иитиллибит алааһым” ырыа күрэҕин кыайыылааҕа Мария Пантелеймоновна Лукачевская
Дипломант 2 ст. Дмитрий Готовцев (Байаҕантай)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Румянцев Сергей Иванович
Дипломант 3 ст. Черноградский Василий (Уус Күөл)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ушницкай Ариан Афанасьевич
“Бастыҥ дойду туһунан ырыа” Афанасьев Егор (Дүпсүн)
Бирииһи туруорда: Өнөрдөөҕү “Тускул” ск
“Чуор куолас” Черкашина Елизавета (Уус Күөл)
Бирииһи туруорда: СР культуратын туйгуна, Өнөрдөөҕү “Тускул” ск директора Лукачевскай Ион Михайлович
“Кэскиллээх ырыаһыт” Кардашевская Долгууна (Өнөр)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Шелковников Егор Егорович
“Кэхтибэт талаан” Татаринов Иван (Уус Күөл)
Бирииһи туруорда: “Өнөр нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата
“Иэйиилээх ырыаһыт” Петухов Василий (Мүрү)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Сыроватскай Михаил Иванович
“Ымыылаах ырыаһыт” Гоголева Наталия (2-с Лөгөй)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ушницкай Дьулус Петрович
“Алыптаах куолас” Шепелев Гаврил (2-с Лөгөй)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ушницкай Дьулус Петрович
“Ылбаҕай ырыаһыт” Марков Эдуард (Найахы)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Сыроватскай Михаил Иванович
“Дьиэрэйэр куолас” Лукачевская Нина (Өнөр)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Ушницкай Ариан Афанасьевич
“Күрэс арыйыыта” Васильева Любовь (Байаҕантай)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Лукачевскай Александр Иннокентьевич
“Дууһа истиҥэ” Стручкова Айнура (Дүпсүн)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Осодоев Александр Львович
“Көмүс куолас” Бурцева Людмила (Дүпсүн)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Лукачевскай Александр Иннокентьевич
“Кэрэхсэбиллээх ырыаһыт” Готовцев Иван (Байаҕантай)
Бирииһи туруорда: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Осодоев Александр Львович
“Кэрэ куолас” Федорова Мария (Мүрү)
Бирииһи туруордулар: Бааһынай хаһаайыстыба салайааччылара Шелковников Егор Егорович, Румянцев Сергей Иванович
“Дойдуга тапталы” туойуу Егоров Гаврил (Байаҕантай)
Бирииһи туруорда: “Өнөр нэһилиэгэ” тыа сирин түөлбэтин дьаһалтата
“Нарын иэйии” Иванов Константин (Хоро)
Бирииһи туруорда: Өнөрдөөҕү дьиэ уот коммунальнай хаһаайыстыба коллектива
“Алыптаах иэйии” Фомина Евдокия (Найахы)
Бирииһи туруорда: Өнөрдөөҕү “Тускул” СК
“Көрөөччү биһирэбилэ” Готовцев Дмитрий (Байаҕантай)
Бирииһи туруордулар: Ирина, Альберт Лыткиннар дьиэ кэргэн
“Баянынан ырыа кэрэ эйгэтигэр бастыҥ көҕүлээччи, доҕуһуолдьут” Кривошапкин Владислав (Байаҕантай)
Бирииһи туруордулар: СР культуратын туйгуна, мелодист, баянист Федоров Василий Гаврильевич

Баянынан доҕуһуолланар улуустааҕы ырыа күрэҕэр биһиги нэһилиэкпититтэн 3 кыттааччы ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Ол курдук, сыана бэтэрээнэ Егор Афанасьев, Айнура Стручкова уонна Людмила Бурцева бэйэлэрин талааннарын көрдөрдүлэр. Ырыаһыттары баянынан доҕуһуоллаата Николай Бурцев.
Нэһилиэкпит аатын ааттаппыт бары кыттааччыларбытыгар уонна аккомпаниаторбытыгар махтанабыт! Инникитин да буолар күрэхтэргэ өссө үрдүк ситиһиилэри, кыайыыны-хотууну баҕарабыт! 👏�

https://duondu.ru/wp-content/uploads/2026/11/d6a7fb69-3f4d-44fb-b838-48f417a42d05-1.jpg