МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Архив за 21 февраля 2023

Олунньу 11 күнүгэр Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылын арыллыытын чэрчитинэн нэһилиэк иһигэр түөлбэнэн волейбол күрэҕэ буолан ааста.

Уопсайа 8 түөлбэ күрэхтэстэ: «Күлүмнүүр», «Аартык», «Кэскил», «Алданскай», «Чэчир», «Уоттаах», «Сарыал», «Тускул». Олус бэрт ыһыылаах, хаһыылаах күрэх кэннэ 💫3 — миэстэни ылла «Алданскай» түөлбэ,💫2 — миэстэни ылла «Аартык» түөлбэ.💫1 -кы миэстэни ылла «Күлүмнүүр» түөлбэ. Кыайыылаахтарга баҕарыа этибит өссө да үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, дабайыылары, кыайыылары — хотуулары!✊🏼🙌🏽👏🏼🎊🟢🟢🟢🟢🟢🟢🟢🟢🟢🟢

Олунньу 10 күнүгэр «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылын үөрүүлээхтик түмүктээтибит.

Ааспыт сыл Саха Республикатыгар Ийэ сылынан биллэриллибитэ. Үбүлүөйдээх сыл Өрөспүүбүлүкэҕэ ураты сыл буолан ааста. Киһини, ол аата үүнэр көлүөнэни Ийэ иитэр. Биһиги тыйыс дойдуга Ийэ итии тапталынан, ытыһын сылааһынан угуттанан, күүстээх санаатынан кынаттанан, киһи-хара буолан, тыыннаах ордон кэллэхпит. Ийэ – дьиэ кэргэн тэбэр сүрэҕэ, дьиэҕэ сылаас эйгэни олохтооччу, кынат үүннэрэн көтүтээччи күндү киһибит. Ийэ дьоллоох… (читать далее)

Олунньу 4 күнүгэр «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр Дүпсүммүт сиригэр «Үтүө киһи — үтүө сааһа» диэн бэлиэ күн буолан ааста. Аар айыылартан айыллыбыт Мария Егоровна Соловьева 80 сааһын бэлиэтээтибит, үөрүүтүн үллэһиннибит.

Бу орто дойдуга киһи олох олороору, дьону билээри, кэрэҕэ үрдүккэ тардыһаары ,үтүө мааны киһи буолаары кэлэр. Бу хас биирдиибит үөһээттэн айыллыбыт аналбыт. Эһиги билэргит курдук ол аналын толорбут дьоллоох киһи Мария Егоровна буолар . Олоҕун 50 сылын биир идэҕэ эҥкилэ суох анааһын – бу мээнэ киһиэхэ бэриллибэт олох сэдэх көстүүтэ, дьылҕа хаан анаабыт сүдү бэлэҕэ.Дьэ… (читать далее)

Тохсунньу 21 күнүгэр «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр уонна В.В.Никифоров -Күлүмнүүр аатынан оҕо технопаркатыгар ыччат чаҕылхай биэчэрэ буолла.

Үөрүүлээх тэрээһиммитигэр Баатаҕай, Чэриктэй, Эһэлээх, Найахы, Дүпсүн 2 хамаандатын эдэр ыччаттара кытыннылар.Бу бал эдэр ыччат бэйэтин улууһун сайдарын туһугар күүстээх, дьаныардаах үлэҕэ көҕүлээһин, саҥа арыйыылары, ситиһиилэри дабайарга кынат буолар. Хас биирдии нэһилиэк бэриллибит сорудаҕынан спортивнай күрэхтэһиилэргэ бэлэмнэнэн, музыкальнай номер бэлэмнээн, бырааһынныктааҕы остуолу киэргэтэн олус бэһиэлэйдик буолан ааста. Балбыт бастакы чааһа «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр спортивнай күрэхтэһиилэринэн… (читать далее)