Бүгүн муус устар 27 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө Дүпсүн нэһилиэгэр «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр «Уруйдан Сахам сирэ» диэн ураты суолталаах историческай күн буолла. Тэрээһиммит үөрүүлээх чааһа «Сүгүрүй үс саха төрүөҕэ» диэн ырыаннан саҕаланна. Бу күҥҥэ анаан У.И.Босикова бука бары мустубут ыалдьыттары арчылаан, араҥаччылаан көрүстэ. «Далбар» үҥкүү ансаамбыла арыылаах алаадьынан, быырпаҕынан күндүлээтилэр. Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Н.Н.Сивцев бүгүҥҥү долгутуулаах күн Саха өрөспүүбүлүкэтигэр уһулуччу улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Бу күн үгэс курдук, саха норуотун чулуу уолаттарын В.В.Никифоров — Күлүмнүүрү, Максим Аммосовы, Былатыан Ойуунускайы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову истиҥник ахтан-санаан ааһарбыт, кинилэр сырдык ааттарыгар сүгүрүйэрбит, тиһиктээх тэрээһин ыытыллара ыччакка үтүө өйдөбүл буоларын эттэ уонна мустубут ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ. «Иэйии» ансаамбыл «Баҕарыам этэ бар дьоммор» ырыаларынан алгыс тылларын анаатылар.
Тэрээһиммит сомоҕолоһуу оһуохай үҥкүүтүнэн түмүктэннэ. Оһуохай тылын эттилэр: С.М.Шергина, С.А.Нартахова, Р.П.Протопопова.
Барыгытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит! Сахабыт сирэ, улууспут, нэһилиэкпит чэчирии сайдарын туһугар бары биир санаанан сомоҕо буолуоҕуҥ!