МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

«Олоҥхо педагогиката» төгүрүк остуол уонна Олоҥхо ассамблеятын тэриллиитэ

Сэтинньи 23 күнүгэр «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр нэһилиэк үөрэҕириитин уонна култууратын үлэһиттэрэ мустан «Олоҥхо педагогиката» диэн дириҥ ис хоһоонноох төгүрүк остуолга кыттыыны ыллылар.
Көрсүһүүгэ уһуйаан иитээччилэрэ, Дүпсүннээҕи технопарк педагогтара, И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын учууталлара, сельскэй библиотека уонна сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ биир сүбэнэн олоҥхону кэнчээри ыччакка тиэрдии суолларын ырыттылар.
🔹 Көрсүһүү сүрүн түгэннэрэ:
Бурцева Л.П. (оскуола директорын иитии чааһыгар солбуйааччы) иһитиннэриитинэн тэрээһин үөрүүлээхтик саҕаланна.
Сыроватская А.А. уонна Прибылых Л.Н. (уһуйаан иитээччилэрэ) кырачааннары олоҥхоҕо сыһыарыы кистэлэҥнэрин, куукула театрын нөҥүө оҕолор олоҥхону олус сөбүлээн оонньуулларын билиһиннэрдилэр.
Протопопова Р.П. (оскуола учуутала) алын сүһүөх кылаастан оҕолору олоҥхоҕо, чабырҕахха, тойукка уһуйуу уопутун үллэһиннэ уонна Дамира Дорофеева ситиһиилэрин сырдатта.
Федорова С.А. (технопарк методиһа) билиҥҥи үйэ ирдэбилинэн олоҥхону көмпүүтэргэ киинэ гынан оҥорон көрдөрүү ньымаларын кэпсээтэ.
Сивцева П.И. (библиотекарь) Арамаан Алексеев олоҕун уонна кини үс үйэлээх «Алаатыыр Ала Туйгун» олоҥхотун туһунан иһитиннэрдэ.
Молокотина А.В. (кулууп директора) бу хайысхаҕа ситимнээх уонна өр сыллаах үлэ ирдэнэрин бэлиэтээтэ.
🌟 Түмүк уонна саҥа саҕахтар:
Төгүрүк остуол түмүгүнэн оҕолору уонна нэһилиэнньэни олоҥхоҕо чугаһатар сыллааҕы үлэ былаана оҥоһулунна. Кыттааччылар бары биир санаанан нэһилиэккэ Олоҥхо ассамблеятын тэрийдилэр:
Бэрэссэдээтэл — Молокотина А.В. («Дүөндү» СК директора);
Солбуйар бэрэссэдээтэл — Бурцева Л.П. (Дүпсүн орто оскуолатын директорын солбуйааччы).
📢 Анонс! Ассамблея бастакы тэрээһинэ сэтинньи 25 күнүгэр ыытыллар. Барыгытын «Олоҥхоҕо оллоонноон олорон» күргүөмүнэн олоҥхо ааҕыытыгар күүтэбит!