Дүпсүн нэһилиэгэр алтынньы 29 күнүгэр суоппар күнүн көрсө «Айан аргыстаах, суол доҕордоох» бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиммит массыыналар парадтарынан саҕаланна. Дүпсүн суруктан «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр диэри параадтаан кэллилэр. Ол кэннэ «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр суоппардарга аналлаах күрэх буолла. Балаһыанньа быһыытынан хамаандаҕа 3 — түү киһи киирэн алта көрүҥҥэ күөн көрүстүлэр. Ол курдук 4 хамаанда «Автоледи», «Дедушки», «Крути — верти», «Тише едешь — дальше будешь» хамаандалар кытыннылар. Тыҥааһыннаах, эрийсиилээх киирсии кэнниттэн маннык түмүк таҕыста:
3 миэстэни — «Тише едешь, дальше будешь» хамаанда ылла. (Бирииһи олохтоотулар: Федоров Н.В., Марков Н.Н., Олесов В.А., Прибылых Т.М., Сивцев Н.М.) 2 миэстэ — «Крути верти» хамаандата буолла.(Бирииһи олохтоотулар: Федоров Н.В., Марков Н.Н., Олесов В.А., Прибылых Т.М., Сивцев Н.М.). Уонна дьэ 1 — кы бочуоттаах миэстэни ыллылар «Автоледи» хамаанда.(бирииһи олохтоото олохтоох дьаһалта). Күрэхтэһии бары кыттыылаахтарын, кэлбит ыалдьыттары идэлээх күннэринэн нэһилиэк баһылыга Николай Николаевич Сивцев эҕэрдэлээтэ, өр сылларга үлэлээбит суоппардарга эҕэрдэ суруктары, бэлэхтэри туттартаата.
Итиини, тымныыны аахсыбакка, тимир көлөнү доҕор оҥостон, дьон туһугар үлэлиир мындыр, үлэһит суоппардарбытыгар көнө суолу, үтүө аргыһы баҕарабыт. Сыралаах үлэҕит сыаналана турдун, аартыккыт аһаҕас, алныстаах буоллун!