МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Саха сиригэр норуот маастарын күнүнэн, бүгүн,кулун тутар 5 күнүгэр.Дьокуускай куоракка VI-с төгүлүн Саха Республикатын норуоттарын төрүт таҥастарын кэтэн сэлэлээн хаамыыларыттан …

Бүгүн, Кулун тутар 5 күнүгэр, «Якутия мастеровая» чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка VI төгүлүн ыытыллыбыт Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын төрүт таҥастарын кэтэн сэлэлээн хаамыыга Дүпсүн ниэһиллиэгиттэн кыттыыны ыллылар «Дүөндү» СК дириэктэрэ Стручкова А. А. , Остуойкатааҕы СК уус-уран салайаачыта Босикова У. И.«Якутия мастеровая» быыстапкаҕа норуот маастара Соловьёва П. В. кытынна👏Талба талааннаах, көнө сииктээх, оһуор- ойуу бичиктээх көмүс тарбахтаах… (читать далее)

Дүпсүн нэһилиэгиттэн Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Саха сирин дьахталларын XV съезтэригэр…

Дьокуускайга кулун тутар 2 — 4 күннэригэр Ийэ сылыгар аналлаах Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Саха сирин дьахталларын XV съезтэрэ уонна II Уһук Илиҥҥи дьахталлар форумнара буола турар.Өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх сылыгар ыытыллар үгэскэ кубулуйбут съезкэ уонна иккис төгүлүн ыытыллар Уһук Илиҥҥи дьахталлар форумнарыгар өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын тутаах боппуруостара, ол иһигэр дьахталлар социальнай көҕүлээһиннэрин кытта сибээстээх «Демография»,… (читать далее)

Аҕа Дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр, Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторун икки ардыгар сыал ытыытыгар күрэхтэһии буолла.

Өтөрүнэн буолбатах бэрт тыҥааһыннаах, күүстээх киирсии буолан, кыттааччылар сүргэлэрэ көтөҕүллэн, кыайыылаахтар сабыс саҥа импортнай витовкалары тутан, түөстэригэр мэтээл кэтэн, үөрүүлэрэ үксээтэ.Хамаанданан күрэххэ уопсайа 19 хамаанда ( 38 киһи) кытынна. Дьиэ кэргэнинэн кыттыы, эдэр кэскиллээх сыал ытааччылар сүрэхтэниилэрэ, ветеран спортсменнар кыттыылара күрэхтэһии суолтатын улаатыннарда, саҥа таһымҥа таһаарда🙌🏻Ол курдук, хамаанданан күрэххэ:1️⃣ миэстэни ыллылар Алексеев Гаврил Семенович, Герасимов… (читать далее)

Олунньу 23 күнүгэр Дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлээн туран Дүпсүн нэһилиэгэр баһаары умулларыыга күүс көмө буолбут дьоммутун чиэстээн, Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев анал мэтээллэрин, удостоверенияларын үөрүүлээх быһыыга майгыга туттардыбыт.

Ол курдук, эркин курдук эрэнэр, ыксаллаах быһыыга инники күөҥҥэ сылдьар хорсун хоодуот эр дьоммут:Дүпсүн баһаарын умулларыыга: Соловьев Тит Егорович Копырин Захар Александрович Слепцов Николай НиколаевичТүүлээххэ баһаары утары охсуспуттар: Осипов Алексей Николаевич Сивцев Андрей Иванович Алексеев Александр Петрович Сивцев Владислав Клавдиевич Соловьев Уолан Андреевич Алексеев Иван Михайлович Сыроватский Андрей Дмитриевич Федоров Вячеслав Николаевич Соловьев Николай НиколаевичБаатаҕайга… (читать далее)

АҔА ДОЙДУНУ КӨМҮСКЭЭЧЧИЛЭР күннэринэн эҕэрдэлиибит

Олунньу 23 күнүгэр🛑АҔА ДОЙДУНУ КӨМҮСКЭЭЧЧИЛЭР күннэринэн эҕэрдэлээн туран🛑Дүпсүн нэһилиэгэр ыытыллар тэрээһиннэргэ кэлиҥ, сылдьыҥ, кыттыҥ:диэн ыҥырабыт🙌🏻 🛑Буолар сирэ: Дүпсүннээҕи «Дүөндү» сынньалаҥ киинэ; ⭕️ 14:00ч. Баһаары умулларыыга күүс көмө буолбут дьоммутун чиэстээһин, Саха өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С.Николаев анал мэтээллэрин, удостоверениеларын туттарыы үөрүүлээх чааһа; ⭕️ 15ч. Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторун икки ардыларыгар СЫАЛ ЫТЫЫТЫГАР биирдиилээн уонна хамаанданан күрэх;🎗🎗🎗🎗🎗🎗🎗🎗🎗🎗Кылаан КЫАЙЫЫЛААХТАРГА… (читать далее)