Дьокуускайга кулун тутар 2 — 4 күннэригэр Ийэ сылыгар аналлаах Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах Саха сирин дьахталларын XV съезтэрэ уонна II Уһук Илиҥҥи дьахталлар форумнара буола турар.
Өрөспүүбүлүкэ үбүлүөйдээх сылыгар ыытыллар үгэскэ кубулуйбут съезкэ уонна иккис төгүлүн ыытыллар Уһук Илиҥҥи дьахталлар форумнарыгар өрөспүүбүлүкэбит сайдыытын тутаах боппуруостара, ол иһигэр дьахталлар социальнай көҕүлээһиннэрин кытта сибээстээх «Демография», «Үөрэхтээһин», «Култуура», «Доруобуйа харыстабыла», «Экология», «Дьоҕус уонна орто урбааны уонна индивидуальнай урбааны өйөөһүн» национальнай бырайыактары олоххо киллэрии боппуруостара көрүллүөхтээхтэр.
Саха сирин хас биирдии оройуонуттан дьахталлар Сэбиэттэрин чилиэннэрэ, лиидэрдэр, көхтөөх дьахталлар кыттыыны ылаллар.
Уус — Алдан улууһуттан уонтан тахса делегат барбытыттан, биһиги Дүпсүммүт нэһилиэгиттэн дьахталлар сэбиэттэрин салайааччыта Ноговицына Людмила Петровна кыттыыны ылар.