МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Саха сиригэр сайылык күнүн уонна Ньукуолун бырааһынньыгын көрсө «Самаан сайын уруйдан!» тэрээһинтэн сонуннар.

«Сайылыгым маанылаах ньирэйэ» күрэх кыайыылааҕа Сыроватская Альбина Николаевна«Уһугунна саҥа тыын, уһугунна ньургуһун» конкурс кыайыылаахтара:Сыроватская Сардана Николаевна Борогон, Макаров Ньургун Дүпсүн, Павлова Ульяна Николаевна Бээди«Өбүгэ оонньуулара» 3 көрүҥ күрэх кыайыылаахтара:1 миэстэ Прядезникова Вера Дмитриевна2 миэстэ Шергина Евдокия Захаровна3 миэстэ Вырдылина Ньургустана Петровна Бары күрэхтэр уонна маассабай оонньуулар кыайыылаахтарыгар, кыттыылаахтарыгар эҕэрдэ бастынын тиэрдэбит11:31 play youtube, play youtube, Brazzer,… (читать далее)

Ыам ыйын 18 күнүгэр Дүпсүн нэһилиэгэр Саха сирин либеральнай – демократическай интеллигенциятын бас-көс киһитэ, бөдөҥ государственнай, политическай деятель, биир дойдулаахпыт В.В. Никифоров – Күлүмнүүр төрөөбүтэ 157 сылыгар аналлаах “Дүөндү” сынньалаҥ киинигэр тэрилтэлэр уонна оҕолор икки ардыларыгар “Брейн — ринг” буолан ааста.

Бу бэлиэ күҥҥэ биһиги киэн тутта ааттыыр сүдү киһибитигэр – Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр туһунан ахтан – санаан, кини сырдык аатыгар сүгүрүйэн, төлкөтө түспүт сиригэр Нэрэлики алааска, уһаайбатыгар сылдьан ыраастааһын үлэтин ыыттыбыт. Алгысчыт, Саха өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна, Босикова Ульяна Ильинична сүбэтинэн арыылаах алаадьынан, уохтаах кымыһынан сирбитин дойдубутун күндүлээтибит, өҥ дьыл үүнэригэр үрдүк Айыылартан көрдөстүбүт.В.В…. (читать далее)

🎈🚩🕊️🚩🎈🕊️🚩🎈🕊️🚩🎈🕊️🚩🎈🕊️🚩
“Сүгүрүйэбит! Киэн туттабыт! Махтанабыт”
Бүгүн Кыайыы күнэ!
Бүгүн өрөгөй күнэ!
Сүүһүнэн мөлүйүөн
Сүрэҕэ долгуйар!
🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩🚩

🟢Ыам ыйын 9 күнүгэр 🟢Дүпсүн нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 78 сылын бэлиэтээн үөрүүлээх тэрээһин, сарсыарда 11 чаастан Кыайыы скверигэр буолла. “Өйдөбүнньүк уота” кытыаста умайда. Дүпсүн нэһилиэгин аҕа баһылыга Николай Николаевич Сивцев, кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Ильинична Босикова эҕэрдэ тылларын эттилэр. Аҕа баһылыкпыт Николай Николаевич сэрии кэмин оҕолоругар, Чечня сэриитин кыттыылаахтарыгар, СВО – ҕа сылдьар уолаттарбыт дьонноругар… (читать далее)

Ыам ыйын 4 күнүгэр Саха сиригэр физкультурнай хамсааһын 100 сылыгар аналлаах «Чэгиэн олохтоох нэһилиэк -2023» бырайыак чэрчитинэн тэрээһин буолан ааста.

Нэһилиэк олохтоохторо эдэрдиин кырдьаҕастыын биир сомоҕо буолан «Дүөндү» сынньалаҥ кииниттэн В.В. Никифоров — Күлүмнүүр аатынан технопарка дьиэтигэр параадтаан тиийдибит. Тэрээһиммит үөрүүлээх чааһа олохтоох дьаһалтабыт баһылыгын солбуйааччыта Иван Иванович Федоров тыл этиитинэн аһылынна. Бары бииргэ «Чэгиэн — чэбдик буолуохха» флешмоб — зарядка оҥордубут. Ол кэннэ нэһилиэк тэрилтэлэрэ уонна оскуола оҕолоро кыттыылаах «Көрдөөх эстафета» күрэхтэһии ыытылынна. Уопсайа… (читать далее)

Бүгүн муус устар 29 күнүгэр Уус Алдан Дүпсүнүгэр, “Дүөндү” сынньалаҥ киинигэр Аан дойдутааҕы үҥкүү күнүгэр аналлаах “Танец сквозь века” үҥкүү дьоро киэһэтэ буолан ааста. 🎊👏🏼👏🏼

Араас омук үҥкүүтүн нэһилиэкпит иһигэр баар тэрилтэлэрбит коллективтара, түмсүүлэрбит оҕо ансаамбыллара – “Күн сардаҥалара”, эдэр ыччат ансаамбыла, “Кэскил” уһуйаан кырачаан итиллээччилэрэ, Дүпсүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ, “Далбар” ансаамбыллар көрөөччүнү сэргэхситтилэр, биһирэбили ыллылар.💐🎊✨Элбэх оҕону, ыччаты, улахан дьону түмэр үҥкүү алыптаах эйгэтэ чэчирии сайдан, бар дьон биһирэбилин ылан сырдыкка үрдүккэ кынаттаатын. 🎊🎊🎊🎉🎉🎉Барыгытын үҥкүү аан дойдутааҕы күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит!… (читать далее)