МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Дүпсүн нэһилиэгиттэн анал байыаннай дьайыы (СВО) кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмө хомуллан ыытылынна.

Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторо уонна тэрилтэлэрэ биир санаанан түмсэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан гуманитарнай көмөнү хомуйдулар.
«Дүпсүн эһигинниин бииргэ» волонтердара түмсүү (сал. Елизавета Алексеева) 30 устуука сылаас угунньаны (стельканы) уонна харысхаллары тиктилэр. Маны таһынан, олохтоохтортон киирбит көмөнү көрүҥүнэн тус-туспа наардаан, суулаан, уопсайа 10 дьааһыгы хомуйан туттарда.
Күндү биир дойдулаахтарбыт! Дойдубут көмүскэлигэр сылдьар уолаттарбытыгар өйөбүл буолар үтүө дьыалаҕа кыттыбыт бары олохтоохторго, тэрилтэлэр үлэһиттэригэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит! Биһиги бииргэбит, кыайыы биһиэнэ буолуо!