МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Архив за 28 ноября 2026

Дүпсүн нэһилиэгиттэн анал байыаннай дьайыы (СВО) кыттыылаахтарыгар гуманитарнай көмө хомуллан ыытылынна.

Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторо уонна тэрилтэлэрэ биир санаанан түмсэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан гуманитарнай көмөнү хомуйдулар.«Дүпсүн эһигинниин бииргэ» волонтердара түмсүү (сал. Елизавета Алексеева) 30 устуука сылаас угунньаны (стельканы) уонна харысхаллары тиктилэр. Маны таһынан, олохтоохтортон киирбит көмөнү көрүҥүнэн тус-туспа наардаан, суулаан, уопсайа 10 дьааһыгы хомуйан туттарда.Күндү биир дойдулаахтарбыт! Дойдубут көмүскэлигэр сылдьар уолаттарбытыгар өйөбүл буолар… (читать далее)

Түөлбэлэр икки ардыларыгар бильярд күрэҕэ

Сэтинньи 28 күнүгэр чөл олоҕу көҕүлүүр уонна нэһилиэнньэни түмэр сыаллаах түөлбэлэр икки ардыларыгар бильярд күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.Уопсайа алта түөлбэ хамаандата күрэхтэстэ: «Сарыал», «Аартык», «Уоттаах», «Тускул», «Алданскай» уонна «Чэчир». Тыҥааһыннаах киирсии кэннэ түмүк маннык буолла:1 миэстэ — «Аартык» түөлбэ (Сивцев Василий, Алексеев Гаврил)2 миэстэ — «Уоттаах» түөлбэ (Прибылых Егор, Прибылых Василий)3 миэстэ — «Алданскай» түөлбэ (Копырин Захар, Протопопов Дмитрий) Кыайыылаахтары… (читать далее)