МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Түөлбэлэр икки ардыларыгар бильярд күрэҕэ

Сэтинньи 28 күнүгэр чөл олоҕу көҕүлүүр уонна нэһилиэнньэни түмэр сыаллаах түөлбэлэр икки ардыларыгар бильярд күрэҕэ үрдүк таһымнаахтык буолан ааста.
Уопсайа алта түөлбэ хамаандата күрэхтэстэ: «Сарыал», «Аартык», «Уоттаах», «Тускул», «Алданскай» уонна «Чэчир».

Тыҥааһыннаах киирсии кэннэ түмүк маннык буолла:
1 миэстэ — «Аартык» түөлбэ (Сивцев Василий, Алексеев Гаврил)
2 миэстэ — «Уоттаах» түөлбэ (Прибылых Егор, Прибылых Василий)
3 миэстэ — «Алданскай» түөлбэ (Копырин Захар, Протопопов Дмитрий)

Кыайыылаахтары уонна бары кыттааччылары эҕэрдэлиибит! Көхтөөх кыттыыны ылбыт түөлбэлэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит. Инникитин даҕаны маннык түмсүүлээх, көхтөөх буолуоҕуҥ!