МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Саха алгыстаах үҥкүүтэ Оһуохай күнэ. Бээди, Дүпсүн нэһилиэгэ

2024 сылга Саха сиригэр ыам ыйын 25 күнүгэр аан бастакытын Оһуохай күнэ бэлиэтэнэр. Бырааһынньык 2023 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи ыйааҕынан ылыныллыбыта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгытын ыытыллар ОҺУОКАЙ күнүнэн Бээдигэ алгыстаах оһуохай ыытылынна. Оһуохайы таһаардылар Бээди сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакытын ыытыллыбыт «Күн оһуохайа» телевизионнай оҕо күрэҕин кыттыылаахтара Афродита Домотова, Олег Старостин, Кеша Цон уонна «Дьиэрэй» фольклорнай бөлөх оҕолоро Алеша Сыроватскай, Туяра Сивцева, Кристина Павлова, Аня Жиркова, уһуйааччы Анна Иннокентьевна Лугинова. Саха бастыҥ үҥкүүтэ үгүс дьону түмэ тартын,саха кутун иҥэрэн
үйэлэргэ кэпсэннин.

Добавить комментарий