МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МБУ ЦД "ДУОНДУ" МО "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РС (Я)

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ДЮПСЮНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "ДУОНДУ" МУНИЦИПАЛЬНОГО ОБРАЗОВАНИЯ "ДЮПСЮНСКИЙ НАСЛЕГ" УСТЬ- АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКИ САХА (ЯКУТИЯ)

Сомоҕолоһуу күнэ «Дүөндү» сынньалаҥ киинэ 50 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах благотворительнай, бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэр

Дүпсүн нэһилиэгэр «Айан аргыстаах, суол доҕордоох суоппардарга аналлаах тэрээһин

Дүпсүн нэһилиэгэр алтынньы 29 күнүгэр суоппар күнүн көрсө «Айан аргыстаах, суол доҕордоох» бырааһынньыктааҕы тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиммит массыыналар парадтарынан саҕаланна. Дүпсүн суруктан «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр диэри параадтаан кэллилэр. Ол кэннэ «Дүөндү» сынньалаҥ киинигэр суоппардарга аналлаах күрэх буолла. Балаһыанньа быһыытынан хамаандаҕа 3 — түү киһи киирэн алта көрүҥҥэ күөн көрүстүлэр. Ол курдук 4 хамаанда «Автоледи», «Дедушки»,… (читать далее)

Өрөспүүбүлүкэҕэ аан маҥнайгытын ыытыллар Оһуохай күнүнэн итиитик — истиҥник эҕэрдэлиибит!

Бүгүн ыам ыйын 25 күнүгэр Оһуохай — саха алгыстаах үҥкүүтэ диэн оһуохай күнүгэр аналлаах тэрээһиммит оскуолабыт тэлгэһэтигэр буолан ааста.Бүгүҥҥү үөрүүлээх күммүтүгэр оһуохай тылын таһаардылар:Протопопова Раиса Петровна — И.Н.Жирков аатынан Дүпсүн орто оскуолатын учуутала, Сивцева Марфа Гаврильевна — Дүпсүн нэһилиэгин ветерана, Нартахова Светлана Афанасьевна — «Дүөндү» сынньалаҥ киинин уус — уран салайааччыта.Сахабыт төрүт тыла Оһуохай нөҥүө… (читать далее)

Дүпсүн нэһилиэгэр үтүө үгэскэ кубулуйбут самаан сайыны көрсөр күммүт бэрт тэрээһиннээхтик, сэргэхтик буолан ааста

☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️☀️Саха дьонугар былыр былыргыттан Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, улахан суолталаах, күүтүүлээх бырааһынньык. Бу күн тоһуттар тымныылаах кырыа кыһыммыт кыйданан, утуйбуту уһугуннарар, сылайбыты сылаанньытар, тоҥмуту ириэрэр, сылааһынан угуттуур күүтүүлээх күммүт, этэҥҥэ күөххэ үктэнии үөрүүтэ — өрөгөйө буолар! Бүгүн ыам ыйын 22 күнүгэр нэһилиэкпитигэр үтүө үгэскэ кубулуйбут Ньукуолуну көрсөр күн бэрт тэрээһиннээхтик, сэргэхтик буолан ааста. Үөрүүлээх тэрээһиммитин… (читать далее)